Сүрүн сирэйгэ
"Сарсын-сарсын сарсыарда"
Сергей Зверев - Кыыл Уолун айымньыта уонна бэйэтин толоруута
(Бу ырыа - тойугу Кыыл Уола тылыгар да, толоруллар ньыматыгар да 4 - 5 көрүҥүнэн
толороро. Ол онтон бу биирдэстэрэ)
Сарсын - сарсын сарсыарда
Сайар халлаан сарыыта1
Сандал күнүм тахсыыта
Салгын сиигэ көтүүтэ
Субу субу томторго
Түһүлгэлиэ түспүт ньии 2
Эһиэкэйдиир дьиэрэйбит
Оонньуу - күлүү олоҕурбут
Сарсын-сарсын сарсыарда
Уруй туску олорбут 3
Саргы - дьаалыы сатараабыт 4
Субулуура томторбор 5
Хойут кэнэҕэс көрдөххө
Ача күөҕүм лаглайыа 6
Торҕоолору торолуйуо 7
Дьонум сэргэм тоҕуоруйуо
Сарсын сарсын сарсыарда
Хатан хабараан халлаантан
Халыар тымныы халыйан
Тиийэхэйдээн кэлиэҕэ
Хаардыыр маҕан барахсан
Бүрүйбэхтээн ааһыаҕа
Минниириктиир барахсан 8
Үгүс дьылга мүлкүллэн 9
Хаардыар маҕан баттахтанан
Алтан араҥас уҥуоҕум
Таҥхасыйан хаалыаҕа 10
Сарсын сарсын сарсыарда
Оллур ини курдук дуу
Дьыллар күннэр солбуллан
Ааһа бара туруохтара
Күөгэлдьийэр сайыммын
Кыһынынан солбуллан
Кырыа хаарынан үллүктэнэн
Ааһа бара туруоҕа
Олох даҕаны итинник
Сарсын сарсын сарсыарда
Минниириктиир барахсан
Түһүлгэни төрүттээн
Баардыырыктыыр норуоппар
Ыллыам туойуом биллибэт
Кэрэ кэрэ кэнчээри
Кэскиллээхэй олоҕор
Мэлдьи мэлдьи кэлэммин
Кэккэлэһиэм биллибэт
Сарсын сарсын сарсыарда
Минниириктиир барахсан
Кэнэҕэски баҕар дуу
Очуос үөһээ олороммун
Туойан ыллаан доргутуом
Баҕардыыра минниирэ
Саалыыр атым барахсан 11
Арҕаһыгар хатанаммын
Аанныыр ийэ дойдубар
Кэлэр кэлэр кэнчээри
Ыччаттарбар даҕаны
Дьоллоох олоҕу туойуоҕум
Аанныыр ийэ дойдубар
Көтүппэхтээн сылдьыаҕым
Сарсын сарсын сарсыарда
Баҕар минниир барахсан
Тоҥнуур тоhoҕо төбөтүгэр 12
Лооҥуут буолан чоргуйан 13
Ааһыам баҕар даҕаны
Кэлэр икки үйэккэ
Киэҥниириктиир кэскилин
Кэрэтин туойуом баҕар мин
Төрүөх ыччат барахсан
Төлкөкөтүн төрүттээн
Түстээн туойуом баҕар дуу.
Сарсын сарсын сарсыарда
Минниириктиир барахсан
Кэнчээри ыччатым
Кэскиллиирин тустарын
Түстэтэлээн биэрэммин
Уруй айхал этэбин
Арахпаттыар гына да
Алҕаталаан силэйдим
Буолуунуктуор баҕар дуу
Сарсын-сарсын сарсыарда
Сарсын-сарсын сарсыарда ...
С.А. Сибиэрэп - Кыыл Уола (1900-1973)
Олоҥхоһут, оһуохай этээччи, суруйааччы,
артыыс, саха сценаҕа толоруллар үҥкүүлэрин
уонна саха фольклорун муусукатын айааччы.
Быһаарыылар:
Сайар халлаан сарыыта 1 – күн тахсыыта халлаан сырдаан эрдэҕинэ
Түһүлгэлиэ түспүт ньии 2 – түһүлгэ (манна: ыһыах ыытыллар сирэ) тэриллибит дии
Уруй туску оло(ҕу)рбут 3 – үөрүү, дьол буолбут
Саргы-дьаалыы сатараабыт 4 - сайдыы, көҥүл буолбут
Субулуура томторбор 5 – бу томторго
Ача күөҕүм лаглайыа 6 – ача от (горная осока) тэнийэн үүнүөҕэ
Торҕоолору торолуйуо 7 – торҕолор торолуйуохтара (солколор (эргиэн төрүтэ,
торговля диэн итинтэн тахсыбыт) элбиэхтэрэ)
Минниириктиир барахсан 8 – мин
мүлкүллэн 9 – эргэрэн муннуктара сыппаан
Таҥхасыйан хаалыаҕа 10 – сууллан аллараа түһүөҕэ
Саалыыр атым барахсан 11 – сырдык араҕас дьүһүннээх, хара сиэллээх уонна хара
кутуруктаах ат
Тоҥнуур тоhoҕо төбөтүгэр 12 – саас тоҥ чорбойон турар мас төбөтүгэр
Лооҥуут 13 – чөкчөҥө көрүҥэ, нууччалыыта - Улит большой, лат. - Totanus
glottus
Сүрүн сирэйгэ
|